100 сыл анараа өттүгэр Сэбиэс­кэй олоҕу-дьа­һаҕы саҥа тэринэн эрэр Саха сирэ анал байыаннай оскуолалаах буолуохтааҕын туһунан сорук турбута. Маны туруорсубут киһинэн оччотоо­ҕу Саха сирин Киин Ситэрии­лээх Кэмитиэ­тин бэрэссэ­дээ­­тэлэ Платон Ойуунус­кай буолар. Кини этии­тин ылынан Си­биирдээҕи ба­йыаннай уокурук командующайа 1925 сыллаах­ха балаҕан ыйыгар Саха сиригэр анал ба­йыаннай ос­куо­ланы тэрийэр туһунан бирикээс таһаа­рар. Оскуола гражданскай сэрии дьоруойа Кеша Алек­сеев ааты­нан Дьокуус­кайдааҕы нацио­нальнай ба­йыаннай рота оло­ҕор-дьаһаҕар тэриллибитэ. Ол эрээри сыл аҥаарын устаты­гар араас тэ­рээһин үлэлэри ыытыы кэнниттэн оскуола 1926 сыллаахха олунньуттан үлэтин саҕалаабытынан барбыта. Бас­такы сүү­мэрдээһиҥҥэ 72 курсант үөрэнэ киирбит. Ос­куола сүрүн соругунан Кыһыл Аармы­йаҕа алын сүһүөх хамандыырдары бэлэмнээһин этэ. Бу оскуолаҕа Уус Алдан ыч­чата эмиэ үөрэммитэ. Барыллаан ааҕыынан 60-ча киһи үөрэммит, олор истэригэр курбуһахтар бааллара. 

Аммосов Абрам Васильевич (1918-1991), капитан. Уус Алдан оройуонун I Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт. Орто Эбэ сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. Комсомол кэккэтигэр киирэн, пропагандиһынан үлэлии сылдьан 1938 сыллаахха байыаннай оскуолаҕа киирбит. Үөрэҕэр үчүгэйин иһин "Саха АССР 15 сыла" диэн үрүҥ көмүс бэлиэнэн наҕараадаламмыт. 1940 сыллаахха Иркутскайга баран үөрэнэр, взвод хамандыырынан ананар. 1942 сыллаахха пехотнай училищены бүтэрэн минометнай ротаҕа хамандыырдыыр. 1945 сыллаахха Япония сэриитигэр кыттар. 1947 сыллаахха демобилизацияланан дойдутугар төннөн, Саха сирин араас оройуоннарыгар баартыйаҕа үлэлиир.

Аммосов Серафим Петрович (1915-1937). II Курбуһахтан төрүттээх. 1935 сыллаахха байыаннай оскуолаҕа үөрэммит. Хомсомуол, саппаас младшай хамандыыра. Уус Алдаҥҥа байыаннай бэлэмҥэ эдэр ыччаты уонна олохтоох нэһилиэнньэни уһуйбута. ССКП Уус Алдан оройуонунааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн үлэлии сылдьыбыта. эдэр исписэлиис 1947 сыллаахха 32 сааһыгар өлбүт.

Пестряков Константин Дмитриевич (1918-1943), старшай лейтенант. II Курбуһах нэһилиэгиттэн төрүттээх. Курбуһах сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн "Өктөөп" холкуоска үлэлии сылдьыбыт. Үлэтигэр таһаарыылаах, спорт араас көрүҥүнэн дьарыктаммыт. 1939 сыллаахха байыаннай оскуолаҕа киирэр, ону бүтэрэн Иркутскайдааҕы Сретенскэй байыаннай училищены бүтэрэр. 1942 сыллаахха Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан, 32-с аармыйа кэккэтигэр Карелия хайысхатыгар барар. 1943 сыллаахха Ленинградскай уобаласка Ясная Поляна дэриэбинэҕэ сэрии хонуутугар охтор.