Бу орто туруу бараан дойдуга ыал буолан олоруу, оҕо төрөтүү – үрдүк дьол, олоххо ситиһии. Дойду Президенэ Владимир Путин бу сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ   мээнэҕэ буолбатах. Дьиэ кэргэн уопсастыба тутаах оҥкула буолар.  Элбэх оҕону иитии, үөрэттэрии, атахтарыгар туруоруу улахан сыраттан кэлэр. Күн бүгүн Курбуһах нэһилиэгэр үйэ аҥарын устата бииргэ олорон, кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит Ирина, Василий Курилкиннар, Елизавета, Рудольф Веревкиннар, Татьяна, Иван Пестряковтар, Варвара, Владимир Стручковтар, Анна, Иван Ермолаевтар уонна бриллиантовай сыбаайбаларын бэлиэтээбит ытыктабыллаах кырдьаҕастарбыт Клара, Коммунар Аммосовтар уонна Розалия, Василий Дегтяревтар оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин тапталларыгар угуттанан быр-бааччы олороллор, эдэр ыччакка холобур буолаллар. Күндү дьоммутугар кытаанах доруобуйаны, эйэлээх халлааны, нус-хас олоҕу баҕарабыт! 

ДЬИЭ КЭРГЭН КҮНҮНЭН!

Ыалга оҕо төрүүрэ -
Түүҥҥү таптал бэлэҕэ,
Үтүө киһини үүннэрии -
Үгүс түбүк түмүгэ.

Ийэ буолуу - бу ыарыы!
Ийэ буолуу - бу тулуур!
Сууйуу-сотуу, аһатыы
Бүппэт түбүк күннэтэ.

Аҕа киһи дьиэ дьонун
Эрэллээхэй эркинэ:
Булуу-талыы, хааччыйыы
Кыһалҕаны чэпчэтии.

Ийэ-аҕа биир тэҥник
Сүбэлэрин холбооннор
Сиэрдээх суолга оҕону
Иитэллэрэ - дьол төрдө!

Иллээх-дьоллоох дьиэ кэргэн -
Бүтүн дойду туруга!
Дьоһун олох олоруу -
Олох дьолун амсайыы!

Күннээх халлаан киһитэ
Дьиэ кэргэҥҥин Эн тэрин!
Кэлбит иэскин толорон
Кэнчээригин эн хааллар!

                               Полина Победа