Саха чаҕылхай лирик поэттарыттан биирдэстэрэ Г.Г.Вешников – Баал Хабырыыс айылҕаны хоһуйбут айымньылара талааннаах художник ойуулаабыт хартыынатыгар тэҥнээхтэр. Кини этэрэ: «Мин оҕо эрдэхтэн испэр иҥэрбит, сүрэхпэр хатаабыт айылҕабын олус таптыыбын. Кинитэ суох сатаммаппын». Бу түгэн туох ханнык иннинэ Баал Хабырыыс тыа сириттэн быстыспат ситимнээҕин, дьиҥнээх саха киһитэ буоларын көрдөрөр. Кини Саха сирин айылҕатын уратытык көрбүт, туойбут, онон Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитиигэ биллэр кылааты киллэрбит поэт буолар.
Баал Хабырыыска аналлаах нэдиэлэ чэрчитинэн "Ыстарбын ньии дьон сүрэҕэр туох эрэ кэрэни айан" литературнай киэһэ Н.Н.Окоемов аатынан Курбуһах орто оскуолатыгар буолан ааста. Поэт бэйэтин хоһоонноругар төрөөбүт Сахатын сирин чысхаан кыһынын, саргылаах сааһын, самаан сайынын, өксүөннээх күһүнүн хоһуйбут айымньыларынан литературнай киэһэни оскуола учууталлара тэрийэн ыыттылар. Бу күн айылҕа түөрт кэмин дьүһүйэр элбэх хоһоон ааҕылынна, ырыа ылланна. Бу ураты киэһэни бэлэхтээбит "Квант", "Диалог", "Сайдыс", "Родник" методическай холбоһуктарга махталбытын тиэрдэбит. Поэзия нарын долгунугар бииргэ олорсон бу киэһэттэн бары астынан, сүргэбит көтөҕүллэн, хоһоон түһүлгэтигэр кыттан үөрэн – көтөн тарҕастыбыт.


