Олоҥхо - төрөөбүт тылбыт баайа, саха тылын кылаан чыпчаала, дуолан бухатыырдар охсуһууларын, быһылааннаах, мүччүргэннээх сырыыларын хоһуйар норуот тылынан айымньытын саамай улахан, бөдөҥ эпическэй көрүҥэ буолар. Көмүлүөк оһох иннигэр олоҥхоһут оҕонньор оллоонноон олорон, Аан Ийэ дайды айыллыытын ыллаан-туойан бардаҕына саха киһитэ күннээҕи түбүгүн умнан, сылайбытын аһарынан, кулгаах иччитэ буолан, нохтолоох сүрэҕэ долгуйан ылара, «Ноо!» диэн сэнээрбитин биллэрэрэ эбитэ үһү…
Курбуһах Уус Алдан улууһугар уус тыллаах олоҥхоһуттарынан киэҥник биллибит нэһилиэк буолар. Курбуһах нэһилиэгэр Пестряков В.П.-Бүөкэ уола (1889-1965), Кычкин М.Д.-Чээрэ Мэхээлэ (1888-1949), Пухов П.М.-Бооко Борокуоппай (1899-1953), Аммосов Иван, Посельскай М.Н.-Бэһиэлискэй (1877-1978), Оконешников Г.А.-Уһун Хабырыыс диэн олоҥхоһуттар олоро сылдьыбыттара. Библиотека ааҕар саалатыгар "Курбуһах олоҥхоһуттара" кинигэ быыстапкатын кэлэн билсиҥ, сэҥээриҥ.


