Тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Уус Алдан улууһун, Курбуһах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, 30 сыл нэһилиэкпит салайар үлэлэригэр, 25 сыл Курбуһахтааҕы маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэ сэкэрэтээринэн үлэлээбит АММОСОВ ИННОКЕНТИЙ ИННОКЕНТЬЕВИЧ быйыл төрөөбүтэ 100 сылын туолбута. 

Бу бэлиэ күҥҥэ аналлаах "Сырдык өйдөбүл" диэн ахтыы киэһэтэ бүгүн ыытылынна.Тэрээһиҥҥэ Лэгэнтэй огдообото Аммосова Татьяна Захаровна, аймахтара уонна кинини кытта бииргэ алтыспыт дьоно кыттыыны ыллылар. Кэлбит ыалдьыттар остуол тула олорон Лэгэнтэй олоҕун, улахан үлэтин үтүө тылларынан ахтан, санааларын үллэстэн бэрт үчүгэй көрсүһүү буолла.   Аммосов И.И. бэйэтин тустаах үлэтин таһынан нэһилиэк историятын, дьонун-сэргэтин туһунан суруйбут киэҥ ис хоһоонноох архыыбыттан матырыйааллар, тутта сылдьыбыт маллара быыстапкаҕа турбуттарын тэрээһин кыттыылаахтара сэргээн көрдүлэр.