УУС  КҮӨЛЭ

                         Уйбаан  Туймалыырап

Сатыы  тыа  үрдүнэн

Саҥа  күн  күөрэйэр,

Сүрэҕи  дьэгдьитэн

Сөрүүн  тыал  илгийэр.

 

Удьуорбут  түөлбэтэ

Уус  Күөлэ,  Уус  Күөлэ

Үөрүүнэн  уһуктар,

Үлэҕэ  турунар.

 

Эдэр  саас  эрчимэ,

Эмэн  дьон  сүбэтэ,

Эгэлгэ  тиэхникэ

Эрэйи  чэпчэтэр.

 

Удьуорбут  түөлбэтэ

Уус  Күөлэ,  Уус  Күөлэ

Уйгуга,  көҥүлгэ

Угуйар  күннэтэ.

 

Быйаҥнаах  уолбата,

Бурдуктаах  буолата,

Бултара, балыга

Буолунай  тардыллан.

 

Төрүппүт  түөлбэтэ

Төлкөнү  түстэһэн,

Бааһынай  аймаҕа

Баатырар  сыллата.