Реас Кулаковскай
Үс үрэх төбөтүгэр
Үөрэр-көтөр күннэригэр
Үнүр баран кэлбитим.
Үс үрэх кирбиитигэр
Үчүгэйкээн да дойду
Үөскээбит эбит эбээт.
Үс үрэх тардыытыгар
Үллэр-баллар быйаҥнаах
Үүнүүлээх үгүс алаастаах.
Үс үрэх тайҕата
Үргүлдьү этэр кэҕэлээх
Үтүөкэн сылаас салгыннаах.
Үс үрэх киэлитэ
Үчүгэйкээн да дойду -
Үүнэр, көҕөрөр да эбит.
Үс үрэх өтөхтөрүгэр
Үтүөкэннэээх да оҕонньоттор
Үмүөрүһэн үөскээбиттэр.
Үс үрэх сирэлийэр
Үүттээх үтүө сүөһүлээх,
Үрүмэччи сүүрүк аттардаах.
Үс үрэх үөһүгэр
Үлэ-хамнас дибилийэр -
Үүнэр-сайдар эбиттэр.
Үс үрэх нэһилиэгэр
Үөрэхтээҕэ да үөскээбит,
Үлэһит да үтүмэннээбит.
Үс үрэх кырдала
Үрдүктэн үрдүккэ
Үүнэр-сайдар кэскиллэммит.
Үс үрэх кирбиитэ
Үөрэр-көтөр дьонунуун
Үтүөкэннээх да дойду.
1971 с.


