ВАСИЛЬЕВА ПЕЛАГЕЯ ЕГОРОВНА-УШНИЦКАЯ ГЕЯ
Уус Алдан оройуонун Курбуһах нэһилиэгэр 1964 сыллаахха төрөөбүтэ. Курбуһахха “Сардаҥа” сопхуоска ыанньыксытынан, Уус Күөлүн уһуйааныгар иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ. 3 уол оҕолоох, 8 сиэннээх. Пелагея Егоровна кыра саастаах оҕолорго анаан хоһооннору суруйар. 2018 сыллаахха убайа Виктор Ушницкай “Ньургуһуннуун көрсүһүү” хоһоонугар мелодия айбыта, ол ырыата “Уус Алдан мелодистара” кинигэҕэ киирбитэ.
Күһүн
Көмүс күһүн биһиэхэ кэллэ.
Чуумпу, сөрүүн буолла.
Араҥас сэбирдэх тэлээрдэ,
Миэхэ көмүс суолу тэлгээтэ.
Отон
Кып-кыһыл,
Кып-кыһыл
Төгүрүк да отоннор
Тулалыы үүммүттэр -
Оҕолору үөрдүбүттэр.
Күһүн
Күһүҥҥү салгынынан
Көҥүллүк тыыннахха,
Күөх халлаан аннынан
Көҥүллүк хаамтахха -
Киһи сүрдээҕин сэргэхсийэр.
***
Хаптаҕас үргээтим -
Битэмиин ээлбэҕин!
Туос ыаҕайабын толорон,
Үөрэ-көтө эбээбэр сүүрдүм.
***
Хоочур-хоочур хааман
Дьыссааппар кэллим.
Сып-сырдык, ып-ыраас дьыссаатым
Миигин үөрэ көрүстэ.
Сарсыардааҥы сылаас хааһым,
Минньигэс(чээн) кэмпиэтим
Миигин күүтэн турар(ллар).
Ураа! Дьыссааппар кэллим!
***
Сарсыарда кыраһа хаарга
Кыра атах суола хаалбыт,
Бу ким атаҕын суолай?
Мип-минньигэс кырачаан
Оҕолор суоллара дии.


