«Чолбон» сурунаал 100 сылынан «Чолбон. Өй күрэһэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи IV оонньуу Уус Алдан улууһун нэһилиэктэригэр сэтинньи 24 күнүттэн саҕаламмыта. Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, Уус Күөлүн библиотекатын ааҕааччылара бу оонньууга кыттыыны ыллылар. Бастакы түһүмэх 4 оонньууттан турда — “ Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕо, айар, чинчийэр үлэтэ”, “Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” романа”, “Саха искусствота”, “Билиҥҥи кэм литературата”.




