Олоҥхо алыптаах эйгэтэ

Олоҥхо күнүн көрсө Курбуһахтааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрин олохтоохторун уонна «Төлөн» түмсүү бэтэрээннэрин икки ардыларыгар «Олоҥхо алыптаах эйгэтэ» хамаанданан оонньуу ыытылынна. Кыттааччылар бииртэн биир сонун түһүмэххэ бэйэлэрин тургутан көрдүлэр — олоҥхо эйгэтиттэн, биир дойдулаахпыт, учуонай-эпосовед И.В.Пухов олоҕун, үлэтин туһунан боппуруостарга эппиэттээтилэр, өс хоһоонору ситэрдилэр, пазл хомуйдулар, хартыынанан тыллары уонна кистэлэҥнээх хоппо иһигэр туох сытарын таайдылар. Алта түһүмэх устата хамаандалар эгил-тэгил түсүһэн, индом олорооччуларын хамаандата очко аҥарынан инники түһэн, кыайыылааҕынан буолла. Тэрээһини Татаринов Иван, Говоров Гаврил, индом олохтооҕо Петров Иннокентий уонна медсестра Матвеева Уйгулаана ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр. Тэрээһинтэн кыттааччылар, көрөөччүлэр үөрэн-көтөн, билиилэригэр билии эбинэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.

Поделиться: ВКонтакте Telegram

Ус-Кюельская модельная сельская библиотека - филиал №19 им. Н.С. Пестрякова входит в МКУ «Усть-Алданская МЦБС»