Курбуһах
И.Местников тыллара
Г.Местников мелодията
Түҥ былыр өбүгэ төрүппүт
Бу манна түөрэҕин кэбиспит.
Түөрт үрэх төбөтүн тайанан,
Төлкөлөөх түөлбэни тэрийбит.
Ол онтон ылата ааттанар
Төрөөбүт мин дойдум Курбуһах.
Балысхан балыктаах күөллэрдээх
Аҥааттар айылгы алаастаах
Үгүөрү үллэйэр быйаҥнаах
Үүнүүлээх от үрэх сирдэрдээх.
Алгыстаах байанай аргыстаах
Аатырар мин дойдум Курбуһах.
Өрүллэр үрэхтэр, үрүйэлэр,
Өлүөнэ өрүскэ түһэллэр,
Үлэһит дьоннорун үтүктэн
Үтүөҕэ үрдүккэ түмсэллэр.
Үйэлэр тухары үрдүү тур,
Төрөөбүт мин дойдум Курбуһах.


