Олоҥхо алыптаах эйгэтэ

Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын үрдүк чыпчаала, барҕа баайа. Бухатыырдар геройдуу охсуһууларын, сырдык-хараҥа күүстэр утары турууларын көрдөрөр, саха киһитин, айыы аймаҕын күүһүн-уоҕун, кыаҕын, өйүн-санаатын, үтүөтүн уруйдуур-айхаллыыр бөдөҥ эпическэй айымньы буолар. 2005 сыллаахха ЮНЕСКО саха олоҥхотун үрдүктүк сыаналаан киһи-аймах чулуу айымньытынан билиммитэ. Онтон 2006 сыллаахха Саха республикатын оччотооҕу президенин В.А. Штыров уурааҕынан сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ. 2008 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр Олоҥхо театра тэриллибитэ. Олоҥхо үнүн көрсө тэттик викторинаҕа көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Бу сигэнэн киир: https://onlinetestpad.com/ru/test/1137167-nurgun-bootur-oloӊkhonu-tөһө-bileҕin

Поделиться: ВКонтакте Telegram

Ус-Кюельская модельная сельская библиотека - филиал №19 им. Н.С. Пестрякова входит в МКУ «Усть-Алданская МЦБС»